Sakhalife.ru
Январь
2025
1 2 3 4 5 6 7 8
9
10
11
12
13
14
15
16
17
18
19
20
21
22
23
24
25
26
27
28
29
30
31

Кыысчааны хайҕаан имэрийэр эмиэ буруй буоллаҕай?!

0

Омсолоох быһыы эргэ дьылга хааллын.

Үҥкүүһүт Афанасий Афанасьев буруйа диэн кыра кыыһы көхсүттэн имэрийбит. Ону ийэтэ айдаан бөҕө тардыбыт. Оттон кыысчааны хайҕаан имэрийэр эмиэ буруй буоллаҕай?! Эчи куттала, эр киһи хореограф да, тренер да буолуо суох дии. Хайдах контага суох оҕону үҥкүүгэ да, спортка да, тустууга холобур, үөрэтиэххиний?!
Ол иһин да, Афанасий агрессиялаата, кими эрэ кытта үөҕүстэ, охсуста диэни истэ иликпин. Оннук киһи буолбатах. Афанасийы аһынабын, наар итинник истиҥ мичээрдээх үҥкүүлүүрүн көрө үөрэбин.
Киһини түһэрии, аатын алдьатыы кытаанаҕа. Били Максим Местниковы эмиэ ити курдук буруйдаан хаайбыттара. Патриотическай кулуубугар саанан ыта үөрэтэригэр оҕону кууста диэн. Кууста да диэн буолуо дуо, сааны маннык тут диэн саннын нөҥүө туттарбыт буруйдаах.

Оттон Сивцев Николай Григорьевиһы Бүлүү Өкүндү учууталын олоҕо суох буруйдаан 16 сыл кытаанах режимнээх хаайыыга өлөрүөхсүт курдук ыыппыттара. Бэрээдэктэрэ суоҕунан аатырбыт, баппат оҕолор оскуоланы уоттуу сыһан, массыынаны угоннаан алдьатан, ол буруйдарын саптынаары туох да буруйа суох учууталларын уган биэрэллэр, төрөппүттэрэ массыына өрөмүөнүн ороскуотун төлөөмөөрү сөпсөһөллөр. Сокуону араҥаччылааччылар мундирдарын чиэһэ, тус карьералара киһи дьылҕатынааҕар күндү буолла.
Аны, хата, биһиэхэ буолбатах, соҕуруу, хаһан эрэ өрдөөҕүтэ тугу эрэ гыммыта диэн буруйдаан искусство бөдөҥ деятеллэрин буруйдууллар, саастаах дьону самнараллар. Ол хобу тарҕата охсоллор. Итинник өһү-сааһы ситиһии практиката олохсуйуох курдук. Өрдөөҕүтэ Сэбиэскэй Сойуус геройа буолбут Николай Саввич Степановтан интервью ылалларын телевизорынан көрбүтүм. Онно геройбут хорсун быһыытын туһунан кэпсээнэ бэрт кэмчи буолбута. Тыыннаах туоһута суох сылдьан тугу кэпсиэмий диэн. Оннук сэмэй этэ, Аҕа дойду сэриитэ бүппүтэ быданнаатаҕа, хантан тыыннаах туоһу кэлиэй, суох буоллаҕа. Николай Саввич хорсун быһыытын бэйэтэ да салла саныыр быһыылааҕа, тыын тыыҥҥа харбас түгэнигэр сырыттаҕа. Оннооҕор итинник үтүө дьыаланы туоһута суох этэртэн туттунар, оттон аныгы дьон тугу баҕарар киһини хараардан эрдэллэрэ көҥүл курдук.

Хомойуох иһин итинник хараардыы түмүгэр, хаарыан эдэр кэскиллээх учуутал дьылҕата быһылыннаҕа ити. Хайдах итинник буолуохха сөбүй?! Аньыы ээ, хайа да омукка аньыы (грех) иэстэбиллээх диэн баар. Закон бумеранга никто не отменял.
Дьэ, ити кэннэ хайа уол оҕо учуутал, тренер, хореограф буола сатыай?! Биһиги кэмҥэ оскуолаҕа учууталлар эр дьон этэ, билигин үксэ дьахталлар. Дьахтар туһунан туох да омнуолааҕы эппэппин эрээри, эр киһи диэн эр киһи буоллаҕа, айылгытынан иитэр-үөрэтэр дьоҕурдаах диэн тус санаалаахпын.
Бэйэ бэйэбитин, эр дьоммутун, уолаттарбытын харыстыаҕыҥ диэн ыҥырабын!

Саҥа 2025 сыл үчүгэйи-үтүөнү эрэ түстээтин!
Бары доруобай, дьоллоох буолуоҕуҥ, бэйэ бэйэни хараардыспакка, кыыһырсыбакка- үөхсүбэккэ, үөрэ-көтө олоруоҕуҥ!

Неужели? Известного танцора подозревают в преступлении? Читайте здесь

Сообщение Кыысчааны хайҕаан имэрийэр эмиэ буруй буоллаҕай?! появились сначала на SAKHALIFE.