Sakhalife.ru
Ноябрь
2024
1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 11 12 13 14 15 16 17
18
19
20
21
22
23
24
25
26
27
28
29
30

Улуу Үрдүкү Үөрэтээччи

0

Эйиэхэ Үрдүк Өй күлүмүн,

Аан дойдуну анаарар улуу дьоҕуру,

өтө көрүү, быһаччы билии дьикти көстүүлэрин

Үрдүкү Таҥара анаабыта

Киһи аймах историятыгар норуот дьылҕата быһаарыллар кэмигэр Үрдүкү Таҥара үрдүк аналынан Орто дойдуга уһулуччу дьон төрөөн, олорон ааһаллар. Кинилэри Үрдүкү Үөрэтээччилэр – Великие Посвященные диэн ааттыыллар.

Үрдүкү Үөрэтээччи норуотун сайдыытыгар хатыламмат Улуу суолу тэлээччи, саҥаны арыйааччы итэҕэл үөрэҕин аҕалан, дьон обществотыгар духуобунай сайдыыны киллэрээччи буолар.

Сир үрдүгэр олорон ааспыт Улуу Үрдүкү Үөрэтээччилэринэн буолаллар: Рама, Кришна, Гермес, Моисей, Орфей, Пифагор, Платон, Будда, Заратуштра, Христос. Бу Үрдүкү Үөрэтээччилэр Улахан итэҕэли, философскай оскуолалары олохтооччуларынан буолаллар. Кинилэр Үөһэттэн Үрдүк Таҥараттан анатыылаахтар, Үрдүкү Эйгэ анал үөрэҕин баран, уһулуччулаах үлэлэри үлэлээн, Үрдүкү Үөрэтээччи таһымыгар тиийбит ураты дьылҕалаах дьон буолаллар. Маннык дьон 500-1000 сылларга биирдэ төрүүллэр.

Биһиэхэ, сахаларга, Үрдүк Таҥараттан анатыылаах, күүс өттүнэн үтүрүллүбүт итэҕэлбитин, Аар Айыы итэҕэлин төнүннэрэргэ, умнуллубуту уһугуннарарга ананан төрөөбүт киһинэн Владимир Алексеевич Кондаков буолар. Маннык миссияны толоруу боростуой буолбатах. Духуобунай эйгэ ыйаахтарынан төһөнөн үрдүк анатыы да, оччонон олох уустук оскуолатын бараллар.

Төһө да Таҥараттан анатыылаахтарын иһин, чынайар чыпчаалга уустук үөрэҕи тулуйан, киһи-аймах Үрдүкү Үөрэтээччитэ буолар таһымҥа тиийээччилэр олус аҕыйахтар. Кинилэр норуоттарын ыар дьылҕатын тус бэйэлэрин олохторугар көрсөллөр. Норуота атаҕастаммыт буоллаҕына атаҕастанар, самнарыллыбыт буоллаҕына кинини эмиэ самнара сатыыллар, кини ону тулуйдаҕына, кыайдаҕына эрэ норуотугар быыһанар күүһү аҕалар.

Норуот уонна Үрдүкү Үөрэтээччи буоларга ананан төрөөбүт киһи биир дьылҕаланаллар.

Кини дьылҕата – норуот дьылҕата, норуот дьылҕата – кини дьылҕата.

Биир ситим – биир дьылҕа.

Владимир Алексеевич Кондаков Сир үрдүгэр баар эрэйи-муҥу олох оҕо сааһыттан билбитэ. Сэрии аас-туор сыллара, маачаха ийэ хара батталыгар киирии, ыар атаҕастабыл, ыарыы, сэниэни эһэр ыарахан үлэ.

Күн Уола Орто дойдуга төрөөбүтүн хараҥа күүстэр хам баттыы сатаан, олоххо араас ыарахан көстүү буолан, самнара сатаабыттара да Күн Уола көрсөр ыарахаттары туораан, тимир курдук уһаарыллан, ыстаал курдук хатарыллан, хотторбот аналланан, хотойдуу үрдүккэ көппүтэ.

Аар Айыылар алгыстарынан киниэхэ Ытык сэһэннэри тиэрдээччинэн Сэмэн Уус буолбута. Владимир Алексеевич оҕо сааһын саамай үтүө кэмнэринэн Ытык кырдьаҕас Сэмэн Уустуун кэпсэтиилэрэ. Сэмэн Уус оҕо хаһан да бүппэт ыйытыыларыгар дьоһуннаахтык быһааран, элбэххэ үөрэппитин Владимир Алексеевич умнубат гына өйдөөбүт. Кэлин бу Ытык сэһэннэри Владимир Алексеевич улааппытын, киһи буолбутун кэннэ тылыттан тылыгар тиийэ Ф. Андреев-Көдьөлгү, П. Григорьев-Ойоо иккиэн сыныйан кэпсээбиттэр.

Бу бэйэтэ Таҥара анаабыт үөрэҕэ этэ. Сити курдук дьиктитик Аар Айыы итэҕэлин үөрэҕэ тоҕус көлүөнэ тухары Улуу Дуоҕа Боотур утумнарыгар уларыйбакка бүгүҥҥэ тиийэн кэллэ. Ити Ытык сэһэннэр куруутун биир киирии этииттэн саҕаланар эбиттэр: Үрүҥ Аар Тойон үрдүк дьаһалынан үгүс үүнэр үйэлэргэ Үрүҥ Күн анныгар үтүө олоҕу тэнитэргэ…

Бу күүстээх, долгутуулаах этиилэри төһө киһи хаста хатылаан, эрэллээхтик этэн, көстүбэт эйгэҕэ сүппэттик бигэргэтэннэр, бүгүн биһиэхэ тиийэн кэлбитэ буолуой.

Улуу Дуоҕа Боотур Ытык сэһэннэриттэн Владимир Алексеевич «Аар Айыы итэҕэлэ» диэн алта чаастаах кинигэни суруйда. Кинигэлэрин, ыстатыйаларын түмтэххэ, 7000-тан тахса страницалаах үлэ буолар.

Ханнык да тылынан, Владимир Алексеевич сындылҕаннаах үлэтин туһунан этэр, суруйар кыаллыбат. Арай сахалыы куппунан-сүрбүнэн, өйбүнэн-санаабынан, кини улуутун, үрдүгүн, ырааһын өйдүүбүн, сүрэхпинэн ылынабын, оҥорбут үлэтэ киэҥиттэн, далааһыннааҕыттан сөҕөбүн.

Мин норуоппар саамай үрдүк, саамай сырдык, саамай дьикти кэрэ, саамай ыраас эйгэлээх Аар Айыы итэҕэлин Сир дьонугар төнүннэрии үрдүк анала бэриллибитинэн, ол анатыыны Улуу Айыы ойууна Владимир Алексеевич Кондаков толорбутунан киэн туттабын. Кини сырдык аатыгар сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйабын, бараммат барҕа махталбын тиэрдэбин.

Домм! Домм! Домм!

А.И. Яковлева, СӨ В.А.Кондаков аатынан Норуот эмчиттэрин ассоциациятын президенэ, СӨ Аар Айыы итэҕэлин тэрилтэтин салайааччыта, Аар Айыы Улахан Алгысчыта, Айыы эмчитэ. «Суолдьут Сулус», стр.9-10. 11.11.2024 сыл.

Бүгүн Айыы ойууна Владимир Кондаков төрөөбүтэ 85 сылын туолар

Суолдьут сулус

Сообщение Улуу Үрдүкү Үөрэтээччи появились сначала на SAKHALIFE.