Куораппытыгар кыыстыҥы уолаттар элбээн эрэллэрэ киһини дьиксиннэрэр…
Олох сорох көстүүлэрин дьиксинэ көрөбүн…
Куораппытыгар кыыстыҥы уолаттар, уолаттардыҥы кыргыттар элбээн эрэллэрэ хайдах эрэ, киһини дьиксиннэрэр.
Итинник көстүү туох төрүөттээҕин быһаччы быһааран эппэттэр. Арай, ханна эрэ аһыыр аһылыктан, гормон уларыйыытыттан диэн аахпыттаахпын. Баҕар, буолуо. Ол гынан баран, мин, кырдьаҕас киһи санаабар, ити дьиэҕэ иитиллииттэн эмиэ тутулуктаах быһыылаах. Дьэ, холобур маннык. Мин, куруук оптуобус өҥөтүнэн туһанар киһи, арыт оҕолору кытары айанныыбын. Арай биирдэ, киэһэ айаннаан истэхпинэ кэннинээҕи олохторго олорбут ыччат күлсүү бөҕө буолла. Биир кэм чап-чаҥкынастар, тугу эрэ саҥаран көрө-көрө күлэн бычыгыраһаллар. Бэл, биир дьахтар итинник айдааны тулуйбата, сөбүлээбэтэ быһыылаах, инники олоххо көһөн олордо. Мин эмиэ тулуйбатым, кэннибин хайыһан көрдүм. Онтум олох даҕаны уолаттар күлсэллэр, айдаарсаллар эбит. Сыыһа көрдүм дуу диэн иккистээн эргилинним. Эчи, билигин уолаттар да, кыргыттар да таҥастара биирэ бэрт — бары хараҥа таҥаһы таҥналлар. Кыыһырбыппын аһарынаары аны дьээбэлэниэх санаам кэллэ уонна: “Уолаттар, уопсастыбаннай миэстэҕэ бааргыт ээ. Эр киһи быһыытынан суон куоласкытынан кэпсэтиэххитин! Эчи күлэргит да кыыс курдук”, — диэтим. Онуоха тугу этэрбин улаханнык өйдөөбөтүлэр быһыылаах (сахалыы билбэттэрэ буолуо), эбии күлэн чачыгырастылар. Биллэн турар, саха уолаттара бары итинник буолбатахтар! Ол гынан баран, маннык көстүү элбээн эрэр.
Олоххо көрдөххө, ардыгар толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит уолаттар эмиэ кыыстыҥы майгылаах буолаллар. Кини куоракка олорор буоллаҕына, хара үлэни билбэккэ улааппыта сэрэйиллэр. Итинник уолаттар дьиэлэрин иһиттэн салапааннаах бөҕү эрэ тоҕор “үлэлээхтэрин” аһына көрөбүн. Куоракка онтон атын тугу гыныахтарай? Ийэлэригэр көмөлөһөн дьиэлэрин иһигэр эрэ үлэлииллэрэ буолуо. Дьиҥэр, былыр-былыргыттан дьиэ үлэтэ — дьахтар киһи үлэтэ буоллаҕа. Баҕар, ити үөһээ этэр уолаттарым эмиэ итинник иитиллиилээхтэриттэн кыыстыҥылар дуу?
Куорат маҕаһыыннарыгар каассаҕа эбэтэр таҥас атыылыыр сирдэргэ, эрэстэрээннэргэ эдэркээн бэйэлээх уолаттар үлэлииллэрин биир бэйэм сөбүлээбэппин (уол оҕо күүһүн эрэйэр маҕаһыыннарга баҕар турдуннар даҕаны, ону туох да диэбэппин). Итинник үлэлиир уолаттар, мэлдьэһиэххит суоҕа, үксүлэрэ эмиэ кыыс курдук тутталлар-хапталлар, сип-синньигэс куоластарынан саҥараллар. Оттон эрэстэрээннэргэ, бырастыы гыныҥ, бэл эриллэҥнэһэн хаамар курдуктар. Итинник эдэркээн үлэһиттэргэ испит-аһаабыт, муора тобуктарынан буолбут эрэттэр хайдах сыһыаннаһыахтарыттан киһи да куттанар.
Ол иһин, мин хаһыаттарга уонна тэлэбиидэнньэ биэриилэригэр уол оҕону иитии уратыларыгар суруйуу, биэрии элбиэн баҕарабын. Куоракка сорох оскуолалар, гимназиялар уол оҕону иитиигэ болҕомто ууран, уолаттары тыаҕа таһааран балыктаталларын, муҥхаҕа сырытыннаралларын, сайын лааҕырга ыыталларын олус биһириибин. Куорат уолаттара тыа сиригэр биир саастыылаахтарын олохторун-дьаһахтарын илэ харахтарынан көрөн, кинилэр да хара үлэни үлэлии үөрэниэ этилэр буоллаҕа. Куорат дьоно үксэ даачалаах, онно да үлэ баһаам. Ол эрээри, сорох аныгы оҕолор интэриниэт суох диэн куоһурданан, даачаҕа тахсыспакка, куораттааҕы кыбартыыра харабыллара буола улааталлар. Дьэ, ол кэннэ ханна, хаһан үлэҕэ уһуйуллуохтарай? Хара үлэни сатаабат, нарын-намчы, от атах уолаттар буола улааттахтара ол. Бэл, кинилэри көрөн аһынабын. Ити “кыыстыҥы” уолаттарбыт аармыйаҕа да, байыаннай дьайыыга да барар дьылҕаланан хааллахтарына, хайдах сылдьыахтарын, атаҕастаныахтарын харахпар оҥорон көрдөхпүнэ, саллабын. Онон даҕаны билигин патриотизм тыыныгар иитии кэмэ тирээн кэлбитэ эмиэ да сөптөөх курдук.
Билигин тыа сиригэр сайдыы балысханнык барар. Саҥа тутуллар дьиэлэр бары тупсаҕай оҥоһуулаах (дьиэҕэ суунар-тараанар, наадаҕар сылдьар) буолуохтаахтар, сайыннары-кыһыннары уу-хаар баар, гаас киллэриллэр. Олорор усулуобуйа барыта баар курдук. Ол эрээри, үчүгэй олохтон эр дьоннор дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сыталлара элбээбитэ, оҕоҕо кэлэр харчыга сөп буолан, үлэлии да сатаабаттара эмиэ иһиллэр. Ити барыта кырдьык буоллаҕына, кутталлаах. Итинтэн сиэттэрэн, эр киһи тыа сириттэн иитиллэн, буһан-хатан тахсара аҕыйаабатар ханнык.
Кыыс курдук таҥнар, онно сөп түбэһэрдии туттар-хаптар уолаттары Куйаар ситимигэр эрэ көрөр курдук саныыр этим. Кэнники кэмҥэ киһи хараҕар быраҕыллар чаҕылхай таҥастаах, кыыс курдук олуонатык ону-маны иилиммит уолаттары эмиэ көрөр буоллум. Арай биирдэ, өссө куораппыт киин уулуссалара оҥоһуллаары урусхалланан турар кэмнэригэр иннибэр оҕо кэлээскэтин үппүт уоллаах-кыыс иһэллэр. Уол атаҕыттан төбөтүгэр диэри сып-сырдык таҥастаах, бэрэски сии иһэр. Таҥаспын эрэ марайдаабатарбын диэбиттии туттар-хаптар. Оттон ийэ барахсан кэлээскэни бэйэтэ үтэр, санныгар ыарахан суумкатын иилиммит. Маннык көстүүнү эмиэ элбэхтик көрөр буоламмын соччо соһуйбатым. Арай уулуссаны туораары хаһыллыбыт дьаамаҕа кэтиллэ түстүлэр. Бэрэскилээх уолбут онуоха кэлээскэни көтөҕөн биэрэргэ да көмөлөспөтө ээ, аһыырын да тохтоппото. Дьахтар кэлээскэтин бэйэтэ үтэн таһаара сатаата.
Мин тулуйбатым: “Хайа, саатар кэлээскэни туоратарга тоҕо көмөлөспөккүн?” — диэтим уонна уолум хардатыттан айахха бэрдэрдим. “Мин аһаан бүтэ иликпин” диэтэҕэ үһү! Итинник уол дьиэҕэ-уокка, кэргэнигэр туох эмэ көмөлөөҕө буолуо дуо?
* * *
Аны биир көстүүнү дьиибэргиибин. Уолаттарбыт, эр дьоммут оруоллара түстэр түһэн иһэр курдук. Туохха барытыгар “былааһы” дуу, былааҕы дуу кэрэ аҥаардарбыт ылбыт кэриэтэлэр. Ол аҥаардас бу кэпсиэхтээх түгэммиттэн көстөр. “Саха” национальнай-көрдөрөр хампаанньа сахалыы биэриилэрэ сылтан сыл аайы тупсан иһэллэр, хабар тиэмэлэрэ да киэҥ. Олортон ордук “Тиэргэн” биэриини сөбүлээн көрөбүн. Көрөн үөрэнэрим да элбэх. Дьэ, чахчыта да, сахалар килэйбит-халайбыт дыбарыас дьиэлэри, киэҥ уораҕайдары сатаан туталлар. Этэллэрин курдук, саха сатаабата суох. Ону көрдөрөллөрө үчүгэй, туһалаах. Ол эрээри, биэриилэргэ ыал аҕата туппут-хаппыт дьиэтин иннигэр туран, дьахталлар эрэ кэпсииллэр. Бэл, төһө мас ороскуоттаммытын, төһө сыаналааҕын, ханнык мас ордук туһалааҕын уо. д.а. барытын кинилэр билэллэр. Төһө да саха эр киһитэ сэмэй диэбиттэрин иһин, маннык биэриилэргэ тоҕо эр дьону көрдөрбөттөрүй, туора тутуллалларый? Төттөрүтүн, эр дьону бар дьон көрүүтүгэр, киэн туттуутугар көрдөрүөхтэрин. Итинник кыраттан да эр киһи оруолун түһэрэ сылдьаллар дии саныыбын. Дьиҥэр, хара үлэтин барытын кини оҥорор. Оччотугар биэриигэ улахан болҕомто киниэхэ ууруллуохтаах. Кырачаан, обургу саастаах уолаттар талааннаах, дьоҕурдаах, күүстээх-уохтаах эр дьону көрөн үөрэнэллэрин, дьиэ кэргэни тэринэргэ эр киһи оруола күүстээҕин өйдүү, сыаналыы улааталларын да туһугар. Туох барыта кыраттан саҕаланар эбээт!
* * *
Тэтимнээхтик уларыйа турар, сарсын туох буоларын тымтыктанан да көрбөт кэммитигэр олорор курдукпут. Онуоха, эрэлбит — биир бигэ тыллаах, киппэ быһыылаах-таһаалаах, хорсун санаалаах, модун күүстээх эр дьоннорбутугар. “Кыыстыҥы” уолаттары буолбакка, эркин курдук эрэллээх уолаттары, эр дьону иитэн таһаарар туһугар оҕо өссө ийэ киэлитигэр үөскүөҕүттэн саҕалаан үлэлиэххэ, кыһаллыахха быһыылаах диэн санааҕа кэллим.
Анна НИКОЛАЕВА
Сообщение Куораппытыгар кыыстыҥы уолаттар элбээн эрэллэрэ киһини дьиксиннэрэр… появились сначала на SAKHALIFE.