Лээгилэр историяларын ытыгылыылларын, төрөөбүт дойдуларын таптыылларын ырылхайдык көрдөрдүлэр
Меценат Р.Е. Федотов салалтатынан, көҕүлээһининэн Лээгиттэн төрүттээхтэр дойдуларын кытта ситимниир Мэҥэ тааһы көһөн кэлбит 2-с Чакырдарын биэрэгэр көһөрүү 40 сылын бэлиэтээһиҥҥэ туруорбуттара. Хомойуох иһин, быйыл бу таас турар сирин быстах санаалаах дьон алдьатан, суругун тоҕута сынньан куһаҕан быһыыны оҥорбуттара. Тустаахтар олус аймаммыттара. Ол эрээри Чакыр нэһилиэгин дьаһалтата, олохтоохторо, бары Лээгиттэн төрүттээхтэр бу быһыыны туоратар, көннөрөр үлэни ыыппыттара.
Билигин манна бэртээхэй диэн сынньанар сир баар буолла, мэҥэ таас тула Лээгиттэн аҕалыллыбыт мастар силис тартылар, сайын устата сибэккилэр силигилээтилэр. Аны бу ааспыт нэдиэлэҕэ алдьатыллыбыт бэлиэ суругун саҥардан туруоруу үөрүүлээхтик аһылынна, алгыс оҥоһуллар сиэрэ-туома ыытылынна.
Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин, санааларын 2-с Чакыр нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы И.Н. Тарасов, лээгилэр киэн туттар уоллара Р.Е. Федотов, Дьокуускайга олорор лээгилэр түмсүүлэрин салайааччыта А.А. Матвеева тириэртилэр. 1 из 2 Таас үйэлээх матырыйаалтан Санкт-Петербурга оҥоһуллубут.
Суругу саҥардыыга үлэлэспит Аграфена Афанасьевна бу дьаһалга элбэх киһи үлэлэспитин, манна суруллубуту билиҥҥи ыччат үйэлэргэ көрө-харайа сылдьалларыгар, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тириэрдэ туралларыгар баҕарда.
Хаһан эрэ тиҥинээн-таҥынаан, элбэх эрэл санааны саҕан олох үөһүгэр күөдьүйэ турбут бөһүөлэк көһөрүллүөҕүттэн 48 сыл буолбут Лээги нэһилиэгэ билигин республикаҕа ордук билиниллэр. Ол курдук кини ыччаттара, кинини ааттата, ахта тураллар, араас тэрээһиннэри ыыталлар. Онно биллэн туран сүрүн оруолу СР норуотун хһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, урбаанньыт, меценат Р.Е. Федотов ылар. Онон бу күн киниэхэ биир дойдулаахтара истиҥ махтал тылларын тириэртилэр уонна урукку кэмнэрин сылаастык аҕыннылар. Бу саҥардыллыбыт Мэҥэ таас суруга — төрөөбүт сиргэ махтал, таптал, ытыктабыл уонна ахтылҕан бэлиэтэ буолар.