ru24.pro
Все новости
Август
2024

Таатта лиссиэйин үөрэнээччилэрэ “Саханефтегазсбыт” үлэтин хайысхаларын билистилэр

0

А.Е.Мординов аатынан Таатта Лиссиэйин 11-с политехническэй кылааһын үөрэнээччилэрэ “Саханефтегазсбыт” АУо икки филиалыгар — Дьокуускайдааҕы нефтебазаҕа уонна Аллара-Бэстээхтээҕи нефтебазаҕа сылдьан, тэрилтэ үлэтин араас хайысхаларын билистилэр.

Экскурсиялар оҕолорго “Нефтегазовай салааҕа анаан квалифицированнай үлэһиттэри бэлэмнээһин” диэн “Саханефтегазсбыт” корпоративнай тосхолун чэрчитинэн ыытылыннылар. Бу тосхол тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата Виктор Лебедев көҕүлээһининэн 2023 с. олоххо киирбитэ. Онно олоҕуран 2023 с. М.К.Аммосов аатынан ХИФУ геологоразведочнай факультетын сир баайын хостооһуҥҥа кафедратыгар “Ньиэп бородуукталарын тиэрдии уонна харайыы” үөрэх аудиторията арыллыбыта. Быйыл оннук, аныгы аналлаах оборудованиенан толору хааччыллыбыт аудитория Тааттатааҕы лиссиэйгэ эмиэ арыллыахтаах.

Ол курдук, «Саханефтегазсбыт» АУо уонна Таатта лиссиэйэ сөбүлэҥ түһэрсэн, нефтегазовай салааҕа үлэһиттэри бэлэмнииргэ туһаайыллыбыт проект оҥоһуллубута. Ол чэрчитинэн, атырдьах ыйын 9-14 күннэригэр нефтегазовай салааҕа сыһыаннаах идэни талыан баҕалаах үөрэнээччилэр “Саханефтегазсбыт” филиалларын — нефтебазаларын үлэлэрин билистилэр, химическэй лабораторияны, пластиктан канистра онорон таһаарыытын, газ, нефть хайдах атыыга тахсарын көрдүлэр, ону сэргэ, ХИФУ полигонугар практика бардылар, техническэй факультетыгар 3-д модель оҥоруутун үөрэттилэр. Үөрэнээччилэр араас идэлээх үлэһиттэри кытта кэпсэтэн, “Саханефтегазсбыт” үлэтин хайысхаларын билсэн, нефтегазовай салааҕа сыһыаннаах  идэлэр  тустарынан элбэҕи биллилэр–көрдүлэр.

Оҕолортон санааларын үллэстэргэ көрдөспүппүтүгэр Айсен Габышев  3-д моделирование хайысхатын интэриэһиргиирин, инженер буолар баҕалааҕын туһунан эттэ:

  • Бу практикаҕа сылдьан үгүс саҥаны, интэриэһинэйи биллим, техниканы саҥардыы үлэтигэр ылсан үлэлиэм этэ.

Максим Бояров: “Нефть, газ хостонуутун сиһилии үөрэтэн, буровик эбэтэр инженер идэтин баһылыахпын сөп, физика, информатика, математика предметтэри сөбүлүүбүн, онон, баҕар, техниканы салайыыга программанан үлэлиэм этэ», — диэтэ.

Нарияна Бястинова: «Инженер үөрэҕин талар кыргыттарга уустук соҕус эбит. Бу практикаҕа сылдьан лаборант үлэтин эбэтэр экономика өртүн олус интэриэһиргээтим. Эрдэттэн маннык экскурсия тэриллибитэ олус үчүгэй, идэбин таларбар  туһалаах», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Бу курдук, оскуола идэҕэ туһаайыы үлэтин “Саханефтегазсбыт” тэрилтэни кытта бииргэ иилээн-саалаан тэрийиилэрэ үөрэнээччилэр идэни сөпкө талалларыгар туһалаах уонна үөрэнэн баран, үлэлээх буолууларыгар көмө буолуохтара диэн эрэнэбит. “Саханефтегазсбыт” генеральнай дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата Виктор Лебедевка, тэрилтэ кадры сүрүннүүр специалиһигэр Юлия Александроваҕа, Дьокуускайдааҕы нефтебаза производственнай тэхиниическэй салаатын начальнигар Михаил Сафоновка, Аллара-Бэстээхтээҕи нефтебаза табаары батарыыга дириэктэри солбуйааччы Николай Кириллиҥҥа,  проекка үлэлэһэ сылдьар ХИФУ преподавателэ Николай Тимофеевка оҕолорго сайыҥҥы практиканы, интэриэһинэй экскурсиялары сүрүннээн ыыппыттарыгар, улахан тэрилтэ кыаҕын, истиҥ эйгэлээх кэллэктиипкэ хамаанданан хайдах үлэлииллэрин көрдөрбүттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит.

Сообщение Таатта лиссиэйин үөрэнээччилэрэ “Саханефтегазсбыт” үлэтин хайысхаларын билистилэр появились сначала на SAKHALIFE.